Сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.
Тимофей Егорович Сметанин 1919 сыллаахха Кэбээйи оруойуонун Тыайа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Армияҕа 1942 сыллаахха ыҥырыллан, 284 минометнай полкаҕа сулууспалаабыта.
Суруйааччы, буойун, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Орловскай – Курскай туһаайыыга, Хотугулуу-Арҕааҥҥы 2-с Прибалтийскай фроннарга буолбут кыргыһыыларга кыттыыны ылбыта.
Сэрии толоонуттан дойдутугар «Хааннаах хара баттах,» «Сүрэхтэн кэпсэтии», «Босхоломмут дэриэбинэ», «Саллаат ахтылҕана», «Бухатыыр Армия», «Саллаат» диэн буорах сыттаах хоһооннору суруйан ыыппыта. Тимофей Сметанин бэйэтин хараҕынан көрбүтүн, инчэҕэй этинэн билбитин суруйара, ол курдук сэрии сылларын араас түгэннэрэ - суруйааччы айымньыларын нөҥүө арылхайдык көстөр.
Тимофей Сметанин олус кылгастык олорон да аастар, олус элбэх кэрэ айымньылары норуотугар бэлэхтээбитэ. Кини оҕо сылдьан олус ылларан туран уруһуйдуура, сэрии буолбатаҕа буоллар, баҕар, өссө сөҕүмэр талааннаах худуоһунньук буолуон сөп этэ. Оҕолорго анаан “Күөрэгэй”, “Куоска олоҥхото”, “Егор Чээрин”, “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ”, “Көрүдьүөс күн”, “Эһэ туһунан остуоруйа”, “Кыһыл былааттаах кыыс” диэн айымньылары суруйбута.
Бу күн, Тимофей Сметанин олоҕун, айар үлэтин туһунан “Покровскай 1№-дээх орто оскуолатын “ 2” а” кылааһын үөрэнээччилэрэ билистилэр. “Күөрэгэй”, “Куоска олоҥхото” диэн айымньылары аахтылар, мультикка көрдүлэр, уруһуйга тистилэр.
Дополнительные фотографии: Загрузить / Загрузить / Загрузить / Загрузить / Загрузить